“Чаҕыллар Сүөдэрбит,

Чаҕылхай геройгун!

Уруйдуу туруохпут

Улахан олоххун!”

Рафаэль Баҕатаайыскай

 

Попов Федор Кузьмич

(1921–1943)

          1921 с. ахсынньы 21 күнүгэр Баатараҕа төрөөбүтэ. Аҕата Кузьма Самсонович оҕолорун кыра эрдэхтэринэ үлэҕэ-хамнаска үөрэтэн-такайан улаатыннарбыта. 1930 сыллаахха «Октябрь» колхуоска дьиэ кэргэнинээн үлэлии киирбиттэрэ, Сүөдэр 9 саастааҕар улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлиир буолбута. 1931 сыллаахха, 10 саастааҕар оскуолаҕа киирбитэ. Алааһыттан 9 километр ыраах сиргэ сатыы баран үөрэнэн кэлэрэ. Үөрэҕин таһынан Сүөдэр дьиэ ис-тас үлэтигэр дьонугар илии-атах буолара. Кыһынын үөрэнэн, сайынын колхуоска үлэлиирэ. 1936 сыллаахха 5 кылааһы бүтэрэн баран аҕата ыараханнык ыалдьан оскуолатыттан тохтообута, уонна колхуоска күүстээх үлэтин саҕалаабыта. 1937 сыл кыһыныгар Сүөдэр үлэтин таһынан бииргэ үлэлиир дьонун сүүрбэ киһини ахсаан ааҕарга уонна суруйарга үөрэппитэ.

          19 сааһын туолбутун кэннэ 1940 сыллааха ѳр сылларга үлэлээбит «Октябрь» колхуоһугар биригэдьииринэн талыллар. Сүөдэр наһаа ирдэбиллээх, эппиэтинэстээх, үлэһиттэрин кытта өрүү тэҥҥэ сылдьар буолан, үчүгэй салайааччы хайҕабылын ылбыта. 1942 с. сайын Аҕа дойду Улуу сэриитигэр ыҥырыллан барбыта. Глушец диэн дэриэбинэ аттыгар 23 өстөөх саллаатын уонна офицерын охторор, быыстала суох кыдыйсыыларга 70 өстөөҕү  өлөрбүтэ. 1943 с. ыараханнык бааһыран, медсанбакка олоҕо быстыбыта. Попов Федор Кузьмичка сахалартан бастакынан “Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун” аата иҥэриллибитэ. 1943 с. алтынньы 3 күнүгэр Любечь оройуонугар Федор аан бастакынан ууга киирэн, харбаан Днепр уҥа биэрэгэр тиийэр, өстөөх траншеятыгар киирэн 23 саллааты уонна эписиэри өлөрөр, пулемет ылан ытыалыыр, ол кэмҥэ бэйэтин ротатын дьоно Днепр биэрэгэр кэлэллэрин ситиһэр. Рота ытааччыларын фашистар төгүрүйэн ылаары гыммыттарыгар, Федор Кузьмич өстөөх флангатыгар утары тиийэн, ытыалаан, дьонун быыһыыр.

           1941-42 сыллар кыһын аармыйаҕа барар саастаах уолаттар военкомат иһинэн тэриллибит куруһуокка нуучча кэпсэтэр тылын үөрэппиттэрэ. Аармыйаҕа 1942 с. бэс ыйыгар Мэҥэ-Хаҥалас оройуоннааҕы военкоматынан ыҥырыллан барбыта. Хонуу биригээдэтин салайааччытынан кини быраата Петр хаалбыта.

           Пермь куорат аттыгар кылгас кэмнээх автоматчиктар куурустарын үөрэнэн бүтэрбитэ. Сэриилэһэр аармыйаҕа тиийэн 61-с аармыйа 81-с стрелковай дивизиятын 467-с стрелковай полкатын 1-кы батальонун 3-с ротатын байыаһа буолбут.

           ССРС Үрдүкү Сүбэтин Президиумун 1944 сыл тохсунньу 15 күнүнээҕи Ыйааҕынан байыаннай сорудахтары көрдөрүүлээхтик толоруутун уонна өстөөхтөрү кытта кыргыһыыларга хорсун, геройдуу быһыытын иһин кыһыл армеец Попов Фёдор Кузьмичка өлбүтүн кэннэ Сэбиэскэй Сойуус Геройун аата иҥэриллибитэ.